сахатеатра годтеатра2019 спектакль мин_пушкиным сахатеатр амма оло олонхотеатра щепка repost sakhatheatre годтеатраякт культураякутиимк культурныйотдых манчаары начало питер сахакино спектакльякутск туймаадаы усхатын фестивальрадуга щепкинцы сергейпотапов
Сэтинньи ый, баай Байанай ыйа, ону тэҥэ Саха АССР үтүөлээх артыыһа Яков Прокопьевич Кычкин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, Саха Театра кини төрөөбүт үөскээбит, сүүрбүт-көппүт кырдалыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Матта нэһилиэгэр, бу бүгүҥҥү -47 кыраадыс тымныыттан чаҕыйбакка, кыһыҥҥы муҥхаҕа тиийэн сүрдээх үчүгэйдик сибиэһэй салгынан тыынан, үлэлээн-хамнаан, өйдүүн-санаалыын чэбдигирэн, эттиин-хаанныын аһыллан кэллибит. Бу бэт дьикти баай историялаах Балыктаах нэһилиэгиттэн саҕаланан баран, Матта сиригэр тиийэн түмүктэнэр Уһун Эбэ диэн күөлгэ баран муҥхалаабыппыт буолар. Манна тиийээппитин кытта үс бөлөххө арааран, бу биир Эбэҕэ үс муҥханан түстүбүт. Манна кэлбиттэр олохтоох Матталар, Балыктаахтар, Суоттулар, Төҥүлүлэр уонна биһиги Саха театрыттан 27 киһи. Дьэ онтон бүтэн баран Маттаҕа киирэн сылаас, итии астаах, толору остуолга олорон, тото аһаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, сэлэһэн тарҕастыбыт. Оттон Матта дьоно-сэргэтэ бэйэлэрэ бу Ахсынньы ый 3 күнүгэр киирэн Яков Прокопьевич Кычкин 100 сааһын Саха театрыгар бэлиэтиэхтэрэ. Онно барыгытын көрөөччү быһыытынан күүтэбит. Оттон бу муҥханы тэрийбит, нэһилиэк баһылыгар, доҕорбор, бииргэ үөрэммит үөлээннээхпэр Иннокентий Иннокентьевич Андросовка махталым муҥура суох. Өрүү бу курдук өйдөһө, өйөһө сылдьыахха. Санаабытыҥ барыта санаа хоту табыллан сатанан истин! Оттон бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ баран кэлбит театрым коллективыгар, барҕа махтал! Дьиэбитигэр уоппутугар бары Күөх Боллох барахсан бэрсибит өлүүтүн ылан үөрэн-көтөн дьиэбитин буллубут. Бу маннык өйдөбүнньүк күннэр олоххо элбии турдуннар. #Сахатеатра#кыһыҥҥымуҥха
Былыр даҕаны, быйыл даҕаны Саха төрүт үгэһин умнубакка, Баай Байанай, Күөх Боллох бэрсибит мааны көтөрүн-сүүрэрин дьоҥҥун кытта тэҥҥэ үллэстэ сырыт,- диэн өбүгэ үгэһин биһиги даҕаны умнубаппыт. Ол курдук ааспыт нэдиэлэҕэ Матта нэһилиэгэр Саха театра муус аннынан муҥхалаан киирбиппитин манна суруйбутум. Оттон бүгүн бултаабыт балыкпытын барытын тэбис-тэҥ гына үллэрэн, наардаан, пакеттаан, театрбыт Аҕа саастаах дьонугар ону тэҥэ соҕотох Ийэлэргэ утары ууннубут. Оттон куулга турааччыны театр буфетыгар астатан, бар дьоммутун күндүлүөхпүт. Аҕамсыйбыт дьоммутугар дьиэлэригэр киллэрэн биэртэлээтибит, оҕо курдук наһаа үөрэллэр, уйадыйан харахтара кылапачыйа түһэриттэн, бэйэҥ долгуйан, уйадыйар курдуккун. Этэргэ дылы киһиэхэ кыра да наада. Онон күндү мааны дьонум, үтүөнү оҥорортон дьалты хаамымаҥ! #Сахатеатра
Бүгүн Саха республикатын народнай, Россия үтүөлээх артыыската, норуот таптыыр уонна ытыктыыр киһитэ ЗОЯ Петровна Багынанова төрөөбүт күнэ! Күндү Зоя Петровна !
Аналлаах дьоро киэһэҕэр
Үбүлүйдээх үтүө күҥҥэр,
Күндү киһибитигэр
Истиҥ – иһирэх эҕэрдэ этэбит,
Үтүөнү эрэ
Үөрэ эттэхпит,
Саргыны эрэ
Саҥардахпыт буоллун!
Баҕарбытыҥ эрэ
Барыта туоллун!
Санаабытыҥ эрэ
Санааҥ хоту буоллун!
Тапталлаах театргар
Өссө да үгүс сыл
Үөрэ көтө
Үлэлии сырыт диэн
Алгыспытын аныыбыт
Баҕабытын тиэрдэбит
Дом!
Саха театрын бары дьоно. #сахатеатра
Collecter les statistiques #САХАТЕАТРА effectuez une recherche à l'obtention des statistiques (Aller à la sélection).