ньурба нюрба магазинынюрбы сатанюрба якутия авиадоставка запчастиякутск сахасирэ ньурбаулууьа нюрбинскийрайон вилюйск якутск garageworkykt автозапчастиякутск авторазборякутск автосервис автосервисякутск гаражворк доставказапчастейавиа запчастиякутия контрактныеавтозапчастиякутск контрактныезапчасти контрактный кузов кузовнойремонтякт минньурбам моянюрба намцы новостиякутии новостиякутска nyurba
Аҕам Август Кононович Герасимов бүгүн маһыгар тахса сылдьан таарыйа куобах кэрийэн биир куобахтаах киирдэ. 85 сааһыгар үктэммит кырдьаҕас сааһырдым диэн дьиэтигэр олорон хаалбакка дьарыга элбэх. УАЗ-микроавтобус массыынатын ыыта сылдьар.
Аҕабыт бэйэтин кэмигэр Баай Байанайтан сөбүн маанылаппыт булчут диэтэхпинэ бука сыыспатым буолуо. Түргэн-тарҕан туттуулаах, сиргэ-уокка эрэллээх доҕор быһыытынан бииргэ бултаспыт дьоно бэккэ диэн билэллэр этэ. Сааскы, күһүҥҥү кус, тайах, таба булда, күндү түүлээх соноро – барытыгар сылдьар этэ аҕабыт. Оҕо эрдэхпититтэн биһигини куска, куобахха батыһыннаран илдьэ сылдьыбыта. Күһүн бултаһа барсаары саамай күүтүүлээх, долгутуулаах күммүтүн субуотаны кэтэһии буолара. Барыахпытыгар дылы дьиэ ис-тас үлэтин барытын үмүрүтэн кэбиһэр буоларбыт. Сааскы куска оскуолаҕа үөрэнэр буолан кыайан барсыбат этибит, кини доҕотторун кытта атынан дэриэбинэттэн 4 көстөөх “Бэс Кураҥҥа” тахсан сааһыыллара. Олус да барсыахпын баҕарар этим “Кураҥҥа”, аттаах дьон “Эбэни” тахсан “Быһыттаах” аартыгар тиийэн эрэллэрэ билигин да харахпар көстөр. “Кураҥҥа” бултуур баҕа санаам армияттан кэлбит сааспар туолбута, үс буолан атынан тахсан олус үчүгэйдик бултаан киирбиппит. Биһиги дойдуга анды олох сэдэхтик көстөн ааһар, ол саас икки анды мончуукка түһэн биэрбитин бултаабыппар аҕам миигиннээҕэр ордук үөрбүтэ. Университекка үлэлии сылдьан иккитэ олунньуга уоппуска ылан бииргэ андаатардаан турардаахпыт. Биир ыйы быһа иккиэн онно элбэҕи да кэпсэтэр этибит. Аҕабын кытта улахан уола буоламмын булка элбэхтэ сылдьан турардаахпын. “Хаанньа Уулаах” ампаар аннынааҕы көлүччэҕэ биир киэһэ аҕам 10-тан тахса аҥардас көҕөнү, Күндээдэ эбэтиттэн биир киириигэ 7 хааһы, “Угут Күөлгэ” иккиэн буолан биир киэһэлээх-сарсыарда 54 куһу, “Даккыны” эргийэн биир күҥҥэ 25 куобах онтон да элбэх бииргэ бултааһыммыт түгэннэрэ хайдах да умнуллубат түгэн буолан хааллахтара. Аҕам, «аны хоту сиргэ анды булдугар сылдьыбыт киһи сөбүн булка сырыттым диэм этэ”, - диэн баҕа санаатын толорон икки төгүл Эдьигээҥҥэ табаарыспар Ю.Е. Шамаевка олус үчүгэйдик астына бултаан турардаахпыт. Онно сырыыларын барытын хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ сылдьар, астынар.
#булт #куобах #август #ньурба #кундээдэ #байанай
Бүгүн Накыыҥҥа тиийэн, "Ботуобуйа" уонна "Ньурба" туруупкалар карьердарыгар, хвостохранилищеҕа, горнай уонна технологическай оборудованиены өрөмүөннүүр сыахха (ЦРГТО) сырыттыбыт. Биир дойдулаахтарбытын көрсөн идэни үрдэтинии, эдэр дьону оскуола үөрэҕиттэн саҕалаан бырамыысыланнаска үлэҕэ бэлэмнээһин, Ньурбаттан сылдьар дьон түмсэн үлэни ситимнииргэ бэйэлэрэ кыттыыларын туһунан кэпсэттибит. #Накын #Ньурба #Нюрба #Сахасирэ #Якутия #Yakutia